«Ыллаа – туой, оҕо саас» фестиваль
Муус устар 29 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар сылын аайы үгэскэ кубулуйан ыытыллар «Ыллаа – туой, о5о саас» фестиваль буолан ааста.
Күрэх сүрүн сыала – соруга: Кылаас түмсүүлээх буолуутун тэрийии; төрөппүттэр оскуола олоҕор кыттыыларын тэрийии; оҕо дьоҕурун сайыннарыы, саҥа талааннары арыйыы; оҕону кэрэ эйгэҕэ умсугутуу.
Фестивальга кылаас 6 түһүмэҕи толорон кытынна. Ол курдук: 1 ырыа, 1 үҥкүү, 1 сценка, 1 фольклорнай номер, 1 төрөппүт номера уонна киинэ сылыгар анаан 3 – 5 мүн. уһуннаах «Мин дойдум» документальнай ролик.